Дьэ, буо!
Миигин мас ууһун бастыҥа,
Тимир ууһун дьирбиттэрэ,
Дьон аймахха туһалаа,
Мааныга туттуллар
Мас суха буол диэннэр,
Уулларан уһааран,
Уһанан суудуйбуттара.
Дьэ, буо!
сухсур5а о5уска,
Соһуллан- сыһыллан,
Ыал аттынаа5ы
Ычах быыкаа бааһынаны,
Ырыта - хайыта тэлбит,
Ымсыырдар куннэрим
Ыыра ыраах ааспыттар.
Дьэ, буо!
Сиргэйбит сирбиттэн,
Сиигирэ соҕус
Сиэмэ үүммүтүн , Ситэн туран,
Сиэрпэ сэбинэн,
Сирдиргэччи быһан,
Кыра- хара дьонум,
Кыстк аһылык буолуо диэн,
Кылаат, хаьаас ууруммутун,
Маҥалайа туолбатах
Баай- тойон аймаҕа,
Бырыһыанынан оҕуруктаан,
Быһа тутан ылара.
Дьэ, буо!
Уйэ, олох уларыйан,
Үөрэх сайдыы үрдээн,
Үлэ- хамнас күүһүрэн,
Үлэттэн үүрүллэммин
Өтөхтөр күрдьүуктэригэр
Үлтүрүйэн сытаахтыыбын.
Кыламана бараммыт
Кырдьаҕас харахпынан
Кыҥаан көрдөхпүнэ,
Баттаммыт- үктэммит
Бааһынай аймах,
Бассабыык баартыйа
Бастыҥ салалтатынан,
Ийэ буор сирдэрин
Илиилэригэр тутаннар,
Илгэ быйаҥы тэрийдилэр,
Иилээн- саҕалаан бардылар.
Аарт-татай оҕолор,
Аныгы үйэ албаһа,
Алыс да буолар эбит,
Ийэ сири титирэтэр,
Киэҥ халлааны сатаратар
Дириҥ ньиргиэр тыастаах,
Кутаа уот тыыннаах,
Итии бензин аһылыктаах,
Тымныы кыраһыын утахтаах,
Улуу собуоттарга,
Уһаарыллыбыт, хатарыллыбыт,
Уончалыы булуугу соспут
Улуу трактор көлөлөммүттэр,
Бу буулаҕа күүстээх
Бухатыыр трактор,
Тумул хара тыалар
Тотуу бөдөҥ тииттэрин
Тоһоҕо мас курдук,
Тоҕута тыытар эбит.
Кытаанах дьилэй кырыстары
Кырыа хаар курдук,
Кырылаччы тиэрэр эбит.
Урукку, былыргы
Дулбат хараҕын саҕа
Дуона суох сонуоктар,
Толоон- толоон муҥунан,
Толуу үүнүүлээх
Туорахтаах бурдугунан
Долгуйбуттар эбит доҕоттоор!
Эчикийэ сэгэрдэр,
Эргэ үйэ
Элээмэ сухата
Эстиэхпин эстибиппин.
Дьэ, буо!
Советскай киһи
Сир дойду үрдунэн,
Айар күүһэ албан ааттанан,
Үйэлэр арҕастарыгар,
Үрүҥ күннүү
Күлүмнээтин диэммин,
Үөрэн- көтөн
Уруйдуу хааллым
На фото: Нам. Ысыах.1983
Слева: Роман Петрович Кутуков, Попов В.Н.- Бочоох,Егор Атласов, Петр Николаевич Попов родной младший брат Василия Николаевича - Бочоох
Эҥсэр дьалкыйар бааллардаах,
Эҥин эглгэ эриэккэс эйгэлээх,
Күннүү күлүмнүүр күөгэйэр көстүүлээх,
Кэрэтик килбиэнник киэркэйэр бэйэлээх
Элиэнэ эбэбит- кинибит сүдьүбүт
Тайыманнаах таһаатыгар тардыстан
Талыыкан далбардаах таһаатыгар
Үйэлэртэн үйэлэргэ үүнээр
Үөскүүр- сайдар саргылаах,
Туймаада дуолан ийэ кииммит
Тура- тура тупса турар.
Көмүстүү алмаастыы күлүмнүүр
Көй модун күөнүгэр
Саргылаах олох салаллан
Саҥа былаас эргийэн
Саха саргыта үрдүүрүн
Өлбөт өрөгөйдөөх
Өксөкүлээх Өлөксей
Өтө көрбүтүн, үөрэн ыллаабытын,
Уоттах тыллах Ойуунускай
Уустаан ураннаан суруйбутун
Бииргэ үөскээбит биһирэмньиттэрэ,
Билэр, билбэт үөлээннээхтэрэ,
Утумнуур, ууһуур ыччаттара
Ураатыы - айхаллыы туруохтара,
Уруйдуу, тустуллуу туойуохтара.
Эҥсиэли, Эркээни эҥэрдэриттэн,
Ытык хайалар ыырдарыттан
Ыллыахпын, туойуохпун санаатым, Этиэхпин, кэпсиэхпин баҕардым,
Эминньэхтээн иитиллибитт ийэ буорбун
Эҥсиэли, Эҥсиэли эбэбин.
Улуукан уорҕан уйгуланан,
Тайылҕалаах таһааҥ тардыыланан,
Эҥсилгэннээх иэниҥ илгэтийэн
Халыҥ хара дьаппа таасс
Хаҥалас хайатыныын ханыылаһан,
Ыраахтан,чугастан ытыктанан
Ырыаҕа кэпсээннэ киирбит
Ытык хайалыын ыырдаһан
Тайылҕаннаах далбардаах таһааланан
Талыыкан килбиэннээх киэлилэнэн
Үйэлэртэн үйэлэргэ үрдүү
Үүммүт - үөскээбит дойдум
Дьоһуннук дуоланнык тупсаҕын,
Дьоҥҥун, норуоккун үһрдэҕин,
Эҥсиэли, эҥсиэли эбэкэм!
Сайдыылаах социализм сарыала
Саха норуотун санаатын сайыннаран,
Ейун улэтин урдэтэн,
Уерэх , наука сайдыытыгар
Улэлиир дьоннор уескээтилэр.
Беденсуйбут совхозтар
Беьуелэкпит аайыытынг
Унерэ5и , улэни баьылыырга,
Утуекэн элбэххэ уерэнэн
Улэьит утуелэрэ уунэннэр
Ууту , эти уксэтэргэ
Урулуйэ, харалыйа улэлииллэр.
Ке5улуур, кехтеехтук улэлиир
Ке5утуьуугэ, укоталаьыыга тартарбыт,
Хоьуун холлоох улэьиттэрин
Хойдон, элбээн иьэллэр,
Оло5у- дьаьа5ы тупсарарга
о5олордуун, улаханныын охсуьаллар.
Барыны кыайарга, тутарга
Бары буттуун туруналлар.
Со5уруу атын кеуораттарга
Сонун элбэх идэлэргэ
сонордоьон уерэнэр,
Совхозтарыгар улэдлииргэ,
Сорудахтары ылыммыт
Уерэххэ- билиигэ тардыьар,
Улэни, оло5у ейдуур
Улэлииргэ ба5алаах
Угус ыччат уескээн эрэр.
Кыырыктаах кыргыьыыга кыттыбыт,
Кырыымчык олох кыьыл5атын билбит,
Кырдьа5ас келуенэ дьоннорум
Сылайары аахсыбакка,
Сынньынарга кыьаммакка
Сыраларын биэрбит,
Дьулуйан туран улэлээбит
Дьоллоох дьоьун олохторун
Эрэллээх илиигэ туттарарга,
Эстафеталарын биэрэргэ
Эрэмньи эдэр ыччат дьон
Дьыаланы билэн салайар,
Сатаан керен дьаьайар,
Санаа хоту улэлиир
Сана симиэнэ баар буолла
Энсиэли, Энсиэли эбэкэм!
Фото: 1942 с.сборы на фронт, Нам. Перед школой, во втором ряду в середине Бочоох.
Урумэтийбит үүт күөллэрдээх:
утуекэн дойдукайым
Хампа- нуо5ай отттордоох
Хатырыгым хочото,
Ынырыктаах батталлаах
Ыраахтаа5ы са5ана
Баайдаах эрэ еттугэр
Манньыйарга дылыта.
Сыылба, хара кунана
Сыар5ата баппакка,
сындалыйа а5ылаабыт,
Сыр5ан эьэ обургу
Сытыы тииьэ элэннээбит
Сыгынахтаах сыбарыгар
Тибии- хаьыы ерукуйбут.
Туос тымтайданан, Туулаан токуруьан,
Биэбэйцдиир биьиктэнэн,
Биир ынахтанан
Мэьимээн сиэмэни мэлийэн,
Саха бала5аннанан,
Кыракый кыымнана,
Кыстаан- сайылаан
Хатырык Эбэ
Хатта быйанар тиксибэккэ,
Киирик о5онньор,
Кэтириис эмээхсин
Киьи- хара буолан олооттор.
Улуу Арассыыйа ула5ытыттан
Ура5ас мунунан кыйдаммыт,
Охсуьуу- меккуер эрэйин
Улуу дьолунан аа5ыммыт
Нуучча норуотун
Улуу уолаттара
Кэргэн, дьукаах буоланнар
Куччугуй Максиимы бэйэлэрин киэнинии
Биэбэйдээн бардылар.
Суругуц биллэрдилэр,
Куннуу сыралыйар,
Кенул тыынын инэрдилэр.
Онньо5унан барбыт Олооччу этэрбэстээх
Уончалаах уол
Кырдьыктаах санаа иьин
Кистэлэн охсуьуу
Халбас хара тыытыгар
Хап гына олорбута,
Уллэр долгуннаах еруьу
Уеьээнэн ексуйэ куерэннээбитэ.
Бастакы бассабыык киьибит-
Максим Кирович ке5улээн,
Тэрийбит тэрээьинэ
Тэнийэн- кэнээн барбыта,
Сир - ийэ сирэмин курдук
Сириэлийэ чэлгийбитэ
Кулаак уескуур силиьин
Колхоьунан туербуппут,
Тыраахтыр, массыына кууьунэн
Тыыллан, хабыллан испиппит,
Бутугас уерэ оннугар
Буулка, хомпуот астаммыппыт,
Наарба сыар5а оннугар
Дьарыпылаан аттаммыппыт.
Теленнеех революционер
Тереебут сиригэр
Кей кииммитин,
Кемус уорукпутун
Тутан - айан киэргэтэн,
Туругурдан истибит.
Максим Аммосов
аатынан
Бастын колхоьум
Бараммат элбэх тутуута
Бачыгыраан олорор,
Уонча ыаллаах урукку совхоз
буолбатах.
Кири - бе5у сыьыарбатах
Киэн уулуссалардаах,
Килэргэс таас туннуктэрдээх
Кэчигирии кэккэлэспит
Кэрэ, дьикти дьиэлэрдээх.
Ымыйахтаах хъочотугарЫрыа - тойук дьиэрэьийэр,
О5о- аймах уерэнэн
Уруй- айхал энэрдэннэ,
Кировыьы кэриэстээн
Саха Сирин комсомуолун
Салайсан тэрийсиьит
Максиммыт эрэллээх
до5орун
Бастын остуолга
олоттулар.
Ол куннэргэ
Ча5ыллар сытыы тыллаах
куорат ыччатын чулуута
Комсомолка Цугель дэппит,
Олох- охсуьуу куурээнин
Очура, тэхтирэ куккуйэн,
Хахсааттаах, хабараан кэмнэр
Хаьыннара хаарыйталаан,
Кыырыкиыйбыт
баттахтаммыт
Кырдьа5ас, коммунист Рая
Биьирэмнээх киьибит
,
Били Максим о5обут
Кенуьугэр куенэхтээбит,
Ке5енугэр дугдаламмыт,
Ойууругар сохсолоспут,
Уолбатыгар хотуурдаммыт
Куннугунэн эргимтэлээх
Кенй быраан анныгар,
Кеьунэн тегурутэн
Куех сэлэ тапттыттар.
Максим Аммосов аатынан
Баара5ай улахан колхоз
Сулар, хара бытыктаах
Субан туруйа дьонноро,
Капрон , солко танастаах
Куба манан кыргыттара,
Хоннохтоьо сиэттиьэн
Хото5остуу иунньустан,
Убулуейу кероустулэр,
Уеруу ыьыа5ын ыстылар.
Фото: с дочерью М.К.Аммосова Леной Максимовной. 1967 г.. Хатырык, школа..